Маны билэҕит дуо?

Биллэрин курдук, Саха сирин судаарыстыбаннай тэрилтэлэрэ бары федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран үлэлииллэр. Бу биһиги тыйыс дойдубут усулуобуйатын олоҕор-дьаһаҕар толору сөп түбэһэр нуормалар дуо? Хомунаалынай өҥөҕө субсидия  судаарыстыбаннай ааҕыныстыбатын салайааччыта Наталья Платоновна Сивцеваны кытта туох көмө баарын, туох кыаллыбатын кэпсэттибит. Ырытан көрүү түмүгүнэн, маннык көмө баарын үгүс киһи билбэт быһыылаах – туһаммат эбит.

 

Субсидияҕа Саха сирин уратыта учуоттаныахтаах

— Наталья Платоновна, субсидиянан дьон төһө туһанарый?

— Хомунаалынай өҥөҕө субсидия 2011 с. от ыйын 1 күнүттэн муниципальнай тэриллии боломуочуйатыттан биһиэхэ бэриллибитэ. Хомунаалынай өҥөҕө көмөнөн тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн (прожиточнай минимум) кыра хамнастаах, дохуоттаах дьон туһанар бырааптаах. Субсидия кээмэйэ биир кэлим буолбатах, хас биирдии ыал ороскуотуттан, дохуотуттан, дьиэтин иэниттэн, дьиэ кэргэн ахсааныттан тутулуктаах. Холобур, 6 мөһөөхтөн саҕалаан 6-7 тыһыынчаҕа тиийиэн сөп. Манна анал ирдэбил баар. 2011 с. түмүгүнэн хомунаалынай өҥөҕө субсидияны 39000 ыал туһанна.     Кэтээн көрүү түмүгүнэн, куорат киһитин ахсаана элбэх буолан, туһаммыта балай да курдук эрээри, бырыһыанынан ылан көрдөххө, тыа сирин олохтоохторо ордук хото туһаммыттар. Кэлиҥҥи кэмҥэ хамнас, биэнсийэ үрдээн, субсидиянан туһанар дьон ахсаана аҕыйаабыт курдук. Ол эрээри ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра хамнастаах дьон 19 % буоллаҕына, биһиги мантан 13%-ны кыайбаты хабан олоробут. Манна субсидияҕа наадыйар дьон ситэ хабылла иликтэрэ көстөр. Ол аата өйдөтөр үлэ соччо ыытыллыбатах, сорохтор маннык өҥө баарын төрүт да билбэттэр эбит. Ыраах сытар нэһилиэктэр олохтоохторо докумуон хомуйарга, тиэрдэргэ ыарахаттары көрсөр буоланнар, субсидия сыаната кыра диэн, ыла сатаабаттара эмиэ баар. Онон кэнэҕэс өйдөтөр үлэни күүһүрдэр, докумуон хомуйуутун чэпчэтэргэ күүскэ үлэлиир былааннаахпыт.

— Куоракка куортамнаан олорор ыал олус элбэх. Маннык көмөнөн туһаныахтарын сөп дуо?

— Куортамнаан олорор ыаллар бас билээччини кытары «договор найма» түһэрсиэхтэрин сөп. Ол эрээри син биир бэрэпиискэ ирдэнэр. Куорат таһыгар чааһынай дьиэлээх дьон эмиэ ситэ туһаммакка олороллор. Дьиҥинэн, оһоҕунан, чоҕунан оттунан олорор ыал хара баһаам. Кыраапыгынан тахсан үлэлэһэбит, онно сулууспалардаахпыт. Куорат дьаһалтатын, улуустары кытары бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Тыа дьоно ордук субсидияҕа наадыйаллар, онно ордук кыһалҕалаахтар. Ол да иһин куоракка көһөн кэлэн, куортамнаан олорор буолуохтаахтар. Онон бу — тыаттан дьон көспөтүгэр усулуобуйаны тупсарыы биир көрүҥэ буолар. Биһиги саайпытыгар «Калькулятор» баар, онно наадыйар киһи бэйэтин дохуотун уонна ороскуотун киллэрэн, ааҕынан көрүөн сөп. «Электроннай Бырабыыталыстыба» киирдэҕинэ, субсидия ылааччы докумуон хомуйара аҕыйыа этэ.  Чааһынай ыал дьиэтин докумуона ситэтэ суох буолааччы. Мас тиэйтэрдэххэ, уу куттардахха, кибитээнсийэ көрдөөн ылан, мунньунан иһиэхтэрин наада. Бу тыаларга суох, ол эрээри тэрийдэххэ, син кыаллар дьыала. Аны туран, федеральнай сокуоҥҥа дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө төлөбүрүн кээмэйэ 22 % буолан турар. Ол Саха сирин дьонун хамнаһыгар кыайан сөп түбэспэт. Онон национальнай компонены учуоттаан, быраабыланы бэйэбит усулуобуйабытыгар олоҕуран оҥоруохтаахпыт. Көҥүл биэрэллэригэр этии киллэрэн нуормалыыр аакталар бырайыактарын бэлэмнии сылдьабыт.

 

Оттук маска, чоххо субсидия

 

Тыа сиригэр маhынан оттуллар оhохтоох ыалга кыстыгы этэҥҥэ туоруурга оттук маhы бэлэмнээhин, тиэйтэрэн киллэртэрии — биир тыын боппуруос. Сыл аайы дэриэбинэ тулатынааҕы мас аҕыйаан, быдан тэйиччи сиртэн  кэрдэллэр, онон  ороскуота элбии, сыаната ыарыы турар. Онтон сылтаан оттук маhы буларга ыарырҕатар, ороскуоту кыайан уйуммат ыал элбээн иhэр. Бу уустук балаhыанньаттан тахсар биир суол — субсидияны туhаныы. Быйыл олунньу ыйга ааспыт сыл түмүктэринэн ыытыллыбыт СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааhын отчуотугар кэккэ улууска нэhилиэнньэттэн оттук маска бэриллэр субсидия туhунан киирбит ыйытыылар үксүн биир ис хоhоонноохтор. Онон нэhилиэнньэни ордук интэриэhиргэтэр, болҕомтотун тардар боппуруостарга тохтуохха.

 

Оттук маска субсидия ыалга тоҕо тэҥник

бэриллибэтий?

 

Субсидия диэн, дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө төлөбүрүн кыайан уйуммат дьоҥҥо судаарыстыба социальнай көмөтө буолар. Бүддьүөттэн бэриллэр харчы буолан, субсидиянан туhаныы бэйэтэ туспа ирдэбиллээх, бэрээдэктээх. Ол курдук, олох-дьаhах кодексын 169 ыстатыйатыгар олоҕуран, субсидия көрүллэр быраабылата, бэрээдэгэ, кээмэйэ 2006 сыл ахсынньы 14 күнүнээҕи РФ  Бырабыыталыстыбатын 761 №-дээх уурааҕар олоҕуран оҥоhуллар. Онон нэhилиэнньэҕэ ананар уонна бэриллэр субсидия Арассыыйа үрдүнэн биир бэрээдэккэ олоҕурар. Ол курдук, биир ыал дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөнү төлүөхтээх кээмэйэ биир ыйга өлөрөр дохуотуттан 22%-тан үрдүө суохтаах эбэтэр ыал ыйдааҕы дохуота тииһинэн олорор кээмэй таhымын 1,5 төгүлүттэн кыра эбит буоллаҕына, өҥөнү туhаныы ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйэ 15 % буолар. Онтон ыал дохуота алын кээмэйтэн кыра буоллаҕына, 15 %-ҥа аччатар кээписиэн туhаныллар. Ону таhынан үлэлээбэккэ олорор биэнсийэлээх дьоҥҥо чэпчэтии кээмэйэ олохтонон турар. Онно олоҕуран кырдьаҕастар биэнсийэлэриттэн көрөн, дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө төлөбүрдэрин кээмэйэ 5-22 % буолар. Холобур, 8 тыh. 298 солк. биэнсийэлээх киhи 2 хостоох (64 кв. миэтэрэлээх) дьиэҕэ олорор буоллаҕына, дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөнү биэнсийэтин 8 %-нан эрэ төлүүр. Бу 830 солк. тэҥнэhэр. Мантан ордубут сууманы судаарыстыба уйунар. Эбэтэр соҕотох олорор киhи биэнсийэтин кээмэйэ 13 тыh. солк. тэҥнэhэр (бу — тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүк). Ол гынан баран өҥөнү туhаныы төлөбүрүгэр биэнсийэтин 16 %-нын эрэ төлүүр. Ол эбэтэр, бу суума ыйга 2080 солк. тэҥнэhэр. Онон биэнсийэлэрэ тииһинэн олорор алын кээмэйтэн үрдүк буоллаҕына да, субсидияҕа хапсыахтарын сөп.

 

Субсидия хас биирдии ыал ыйдааҕы дохуотуттан, дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөҕө ороскуотуттан тутулуктанан көрүллэр. Ол эбэтэр, кыбартыыраҕа, дьиэҕэ докумуонунан хас киhи суруллубутуттан (бэрэпиискэ) тутулуктанан уопсай дохуоттарыттан көрөн,        дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө хас бырыhыанын төлүөхтээхтэрэ быhаарыллар. Маныаха ыйдааҕы төлөбүр дьиэ кэргэн дохуотун 22 %-тан үрдүк буолуо суохтаах. Өскөтө 22 %-тан үрдүүр түбэлтэтигэр, бу дьиэ кэргэҥҥэ субсидия көрүллэр. Ол эрээри манна тииһинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) уонна дьиэ иэнэ, чуолаан биир киhиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр кээмэйин социальнай нуормата учуоттанар.

 

Хомунаалынай өҥөҕө субсидияҕа өссө туох киирсэрий?

 

Манна кииннэммит сылааһы биэрии (отопление), уоту туттуу, уунан туһаныы, гаас, лифт, туох баар тэхиниичэскэй өҥө көрүҥнэрэ, канализация, бөҕү тиэйии, олбуору уонна подъеһы ыраастааһын киирэр. Видеонан кэтээн көрүү, консъерж үлэтиттэн ураты. Туох докумуон ирдэнэрэ бары көрүҥнэргэ ирдэбилэ мантан аллара ыйыллар. Арай төлөбүрэ көрүҥнэринэн тус-туспа учуоттанан ааҕыллар.

 

Туох докумуон ирдэнэрий?

 

Субсидия анатарга, сүнньүнэн, дьиэ докумуона, дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка, хас биирдии киhи дохуотун туоһулуур ыспыраапка, ыал буолуу туhунан сибидиэтэлистибэ, пааспар, оҕо төрөөбүтүн туоhулуур сибидиэтэлистибэ ирдэнэр. Ону тэҥэ төлөөбүтүн туһунан бүтэһик кибитээнсийэтэ,  салайар хампаанньа сирэй счета,  ОДьКХ-ҕа уонна уокка иэһэ суоҕун туһунан ыспыраапката. Бу докумуоннары 6 ый буола-буола аҕалаҕыт. Ол аата, субсидия аната сылга иккитэ эрэ кэлэҕит. Ону таhынан ыраах олорор тыа дьонугар, улуус киинигэр кыайан киирбэт буоллахтарына, нэhилиэк дьаһалтатыгар докумуону аҕалан биэриэххитин сөп. Социальнай чэпчэтиинэн, хомунаалынай төлөбүргэ кэмпэнсээссийэнэн туһанар буоллаххытына, дастабырыанньа, МСЭ ыспыраапката ирдэнэр. Докумуоннары ый 1-кы чыыһылатыттан 15-гэр диэри күннэргэ аҕалаҕыт. Оччоҕуна тахсар ый саҥатыттан ылыаххытын сөп буолар. 16-с чыыһылаттан ый бүтүөр диэри  аҕаллаххытына, субсидия харчыта ый буолан баран биирдэ бэриллэр.

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ бигэргэммит 2011 сыл 4-с кыбартааллааҕы тииһинэн олоруу алын кээмэйэ улахан киhиэхэ 10 859 солк., оҕоҕо 9265 солк. биэнсийэлээххэ 8 176 солк. Араас төрүөттэн тутулуктанан субсидия кээмэйэ ыал-ыал аайы атын буолар. Чох, гаас эмиэ маннык суоттанар. Ол эрээри улуус аайы нуормата атын-атын буолар, ону тэҥэ гаас уонна оттук мас, чох  көрүҥнэринэн уратылаһаллар.

СУОТТУОХХА ЭРЭ

Субсидия быhаччы дохуоттан тутулуктанан хас биирдии дьиэҕэ тус-туспа буолар. Холобур, 3 хостоох 100 м2 иэннээх дьиэҕэ 4 киhилээх ыал олорор. Икки улахан киhи, икки оҕо. Ыйга 20000 солк. хамнастаахтар.  Биир киhиэхэ тиксэр дохуот кээмэйэ 6000 солкуобай. Бу ыал тииһинэн олоруутун алын кээмэйэ 9984 солк. буолар.  Ыйга өлөрөр дохуоттара кыра буолан, оттук маска уонна да атын хомунаалынай өҥөҕө төлөбүрдэрэ бу ыал ыйдааҕы дохуоттарыттан 7,6 %-тан үрдүө суохтаах ( 16 % * (6000/9204). Ол аата бу ыал ыйга 1600 солкуобайы эрэ ороскуоттуохтаахтар. Кинилэргэ олорор дьиэ социальнай нуормата 81 м2 тэҥнэhэр ( 4 киhи*18 м 2 + 9 м2 ыалга). Оттук маска ороскуоттара 1832,63 солк. (81*0,362м3 (1 м2 сылга тиксэр нуорма)*760 солк. (оттук мас сыаната–улуус баhылыгын дьаhалынан бигэргэнэр) /12 ыйга). Уоту туhаныы  иhин  төлөбүрэ  1141,76 солк. (128 кВтч нуорма быhыытынан*4 киhи*2,23 солк.), уу төлөбүрэ-390 солк. (10 л*30 күн*4 киhи /200 л*66 солк. /1 уһаат). Уопсайынан, бу ыал дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөнү туhаныы ыйдааҕы төлөбүрэ 3364,39 солк. тэҥнэhэр. Онтон субсидиятын кээмэйэ ыйга 1864,39 солк. буолар ( 3364,39-1600).

 

Холобурдаан көрүөххэ:

 

 

1 ыал

2-с ыал

3-с ыал

4-с ыал

5-с ыал

1

Дьиэ кэргэн ахсаана:

4

4

4

4

2

 

Улахан киhи

2

2

2

1

 

 

Биэнсийэлээх

 

 

 

1

2

 

Оҕо

2

2

2

2

 

2

Олорор дьиэ иэнэ, м2

100

100

64

100

64

3

Олорор дьиэ иэнэ социальнай нуорманан, м2

81

81

64

81

64

4

Дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуота, солк.

20000

30000

20000

20000

20000

ҕ

Биир киhиэхэ тиксэр дохуот

6000

7600

6000

6000

10000

6

Ортотунан ыал  тииһинэн

олоруутун алын кээмэйэ

9984

9984

9984

9316,6

8094

7

Аччатар коэффициент

0,60

0,76

0,60

0,64

1,24

8

Дьиэ кэргэн бэйэтин дохуотуттан уйунуохтаах кээмэйэ, %

7,6

11,3

7,6

8,1

12

9

Дьиэ кэргэн бэйэтин дохуотуттан уйунуохтаах кээмэйэ, солк.

1600,0

3390

1600,0

1620,0

2400,0

 

Оттук маска ороскуот, солк.

1832,63

1832,63

1448,00

1832,63

1448,00

 

Дьиэ социальнай нуорманан

м2*0,362м3*760 солк./12

 

Уот

1141,76

1141,76

1132,84

1141,76

713,6

 

Киhи ахсаана*уоту туhаныы нуормата, квт*2,23 солк.

 

Уу

 

 

 

 

 

 

Киhи ахсаана*10 л./200 л. *30 кун * 66 солк./уһаат сыаната

390

390

390

390

196

10

Дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөнү туhаныы ыйдааҕы төлөбүрэ

3364,39

3364,39

2970,84

3364,39

2367

11

Субсидия 1 ыйга (10 ст.-9 ст)

1864,39

суох

1470,84

1744,39

суох

 

Субсидия 6 ыйга

11186,31

8826,04

10466,31

 

Газета «Кыым», №22055,  22 марта 2012г