Ил Тyмэн Судаарыстыбаннай мунньах ааспыт 2013 сылга тыа сирин сайыннарыыга туhуламмыт биэс сыллаах былаан чэрчитинэн “Хааччыллыыта суох дьиэ5э олорор гражданнар сорох категорияларыгар социальнай oйoбyл туhунан” диэн oрoспyyбyлyкэ Сокуонун ылынан турар. Бу, 2013 сыл ахсынньы 25 кyнyгэр Саха сирин бырабыыталыстыбата бигэргэппит 473 №-дээх Уураа5ар оло5уран, субсидияны биэрии сана бэрээдэгэ олоххо киирэр. Бу Бу хааччыллыыта суох дьиэ5э олорор дьонно бэлиэ тирэх буолара саарба5а суох.
Ааспыт “Кыым” нyoмэригэр сорох нэhилиэккэ сыччах биир буочука уу 250 солк. сыаналаммытын суруйан турабын. Оттон тыа сиригэр олорор дьон баhыйар oттo билигин да маhынан оттуллар дьиэлээх, ууларын-мастарын бас быстар сыанатыгар бэйэлэрэ хааччынан олороллор. Кыhал5аттан кыhынын мууhу хааччыналлара – баар кoстyy. Итинник тyгэннэ кoрсyбyт ночоотторун бигэргэтэр докумуоннара суох буолан, судаарыстыба кoрoр кoмoтyн кыайан туhамматтар этэ. Аны олорор дьиэлэригэр, олорор учаастактарыгар докумуон той толорторуута араас аахсыллар тoрyoтyнэн тардыллар буолара. Миэстэтигэр сир, баай-дуол испэсэлииhэ тиийбэтиттэн докумуону онорторуу, кэмигэр регистрациялатыы – бэйэтэ туhунан тoбo ыарыыта. Онон баар балаhыанньаны учуоттаан, билинэн туран, маhынан оттуллар, киин сылытыыга, уунан кииннээн хааччыйыыга холбоммотох дьиэлээхтэргэ субсидияны анааhын бэрээдэгэ уларыйбыт.
Мантан инньэ бэйэ тустаах докумуоннарын сэргэ маска уонна ууга ылар субсидияны анатарга муниципальнай тэриллии дьаhалтатыттан ыспыраапка эбэтэр дьиэ тугунан сылытыллара ыйыллыбыт тэхиниичэскэй пааспарын туттардаххытына, этиллэр субсидияны толору туhанар кыахтана5ыт. |
Маныаха манныгы учуоттуургутун умнуман:
* Субсидия ананыыта, кээмэйэ ыал-ыал, дьиэ аайы араастаhар. Ол туохтан тутулуктанарый? Туох-хайа иннинэ ыал дохуотуттан (ол дохуотун тoho бырыhыана ОДьХХ oнотyн тoлohyyгэ барарыттан), тoho иэннээх дьиэ5э олороруттан. Аны олох-дьаhах хомунаалынай oнонy туhаныы иhин ороскуоту (о.и. мас, уу уонна уот) биир киhи, ыал туттарыгар бигэргэммит нуорманан суоттаан таhаараллар. Ол аата, хас киhи дьиэ5э бэрэпиискэлээ5иттэн эмиэ тутулуктаах. Быhата, субсидия суумата лаппа араастаhар.
Х-р, yлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ, 5 уонна онтон сокуоннай сааhын ситэ илик элбэх о5олоох ыалга (о5олоро кyнyскy yoрэххэ устудьуон буолла5ына, кини 23 сааhыгар диэри билиниллэр) уу, мас субсидиятын аа5ыыга улахан oйoбyл оноhуллар. Онуоха кинилэр дохуоттара быhаарар суолталаах. Быыкаа дохуоттаах буоллахтарына, бэйэлэриттэн биир да кэппиэйкэни уу, мас иhин тoлoспoт гына субсидия ананыан сoп. |
* Судаарыстыба субсидиятыгар сайабылыанньалаhааччы oскoтyн маhынан оттуллар дьиэ5э олорор буолла5ына – уот иhин тoлoбyрyгэр, оттон киин сылытыылаах дьиэ5э олорооччу – уот уонна сылытыы иhин, оттон киин сылытыыга холбоммут элбэх кыбартыыралаах дьиэ5э олорооччу уот, сылытыы уонна атын олорор дьиэ5э оноhуллар oнo иhин тoлoбyргэ иэhэ суох тyгэнигэр эрэ субсидияны туhанар.
Олохтоох дьаhалтаттан ыспыраапка ылыыга дьон кyнyн-дьылын бараабатын диэн, муниципальнай тэриллиилэргэ, кыаллар сирдэригэр, биэдэмистибэлэрдээ5и бииргэ yлэлэhии электроннай тиhигэ баар буолуо5а. Оччотугар субсидия онорор испэсэлиис сайабылыанньалаhааччы да кыттыыта суох олохтоох дьаhалта испэсэлииhиттэн ити ыспыраапканы быhа ирдэhэн ылар кыахтаах. Кyн бyгyн итинник тиhик федеральнай уонна oрoспyyбyлyкэ структураларын икки ардыгар киирэн, yлэлээбитэ номнуо иккис сылыгар барда. Туhата илэ кoстo сылдьар. Онон СO Субсидия5а аа5ыныстыбата уонна олохтоох былаас итинник быhа сибээhи салгыы тэнитэн, аны муниципалитеттар таhымнарыгар киллэрэр соруктаах yлэлииллэр.
* Биллэн турар, субсидияны ыларга суоттанааччы бастаан бэйэтэ хайаан да сайабылыанньалаhыан наада. Ким да “кэл, эйиэхэ субсидия кордyбyт, туhан” диэбэтэ ойдонор. Онон маны аахтыгыт да, олорор сиргитигэр баар тус аадырыстаах субсидия миэстэтээ5и сулууспатыгар эбэтэр муниципальнай тэриллиигит дьаhалтатыгар тахсан ыйыталаhын, сэргээн.
СО Субсидия аа5ыныстыбата хас биирдии дьаhалтаны кытта бииргэ yлэлэhэр туhунан Собyлэн тyhэрсибит. Онон “тугу кэпсээн эрэрин буолла?” диэн ойдообот быhыы тахсыбата чуолкай. Анаан дьарыктанар испэсэлиистэр эhиэхэ сyбэлээн-амалаан, туох-ханнык докумуоннар наадаларын сиhилии быhаарыахтара. Дьокуускай куоракка ыспыраапкалаhар толопyон 8(4112) 42-03-50.
Интэриниэттээх дьон, сиhилии иhитиннэриини http://subsidii-jku.ru аадырыска киирэн, билсин.
СО Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Г.И. Данчикова илии баттааhыннаах Уураах толору аата, суруллубут ийэ тылынан биэрдэххэ маннык: «Об утверждении Порядка предоставления субсидий гражданам, проживающим в неблагоустроенных жилых помещениях, на самостоятельное проведение работ по заготовке дров для отопления жилого помещения и обеспечению водой, необходимой для удовлетворения физиологических, санитарно гигиенических, хозяйственных потребностей человека».
|
Мантан аллара СО “Субсидия аа5ыныстыбата” ГКУ дириэктэрэ Наталья Платоновна Сивцеваны кытта сана быраабыла5а сыhыаннаан чопчулаhар кэпсэтиини аа5ын.
– Дьаныардаах туруорсуугут олоххо киирэн, дьонно туhалаах быhаарыы тахсыбытынан э5эрдэлиибин! Дьэ, холобур, бу тохсунньуга тиийэн сайабылыанньабын, туох баар докумуоммун туттарабын. Субсидия хаhаанныттан аа5ыллыай, тоhо кэм устата бэриллиэй? Аны докумуоннаhар болдьо5у куоттаран кэбистэххэ?
– Сыл ханнык кэмэ турарыттан тутулуга суох, сайабылыанньа хаhан киирбититтэн корон субсидия ананар. Холобур, докумуон туhааннаах ый 15 кyнyн иннинэ киирбит буолла5ына, тута сол бэриллибит ыйыттан аа5ыллан барар. Оттон 16-тан хойутуу туттардахха, кэлэр ыйтан са5алаан бэриллэр. Докумуон дьайар болдьо5о – 6 ый. Холобур, бастаан тохсунньуга туттарбыт киhи от ыйыттан эмиэ ылар гына ол иннинэ докумуонун соргyтyон наада. Чопчу кыбартаалынан араарыы диэн суох. Ол аата, гражданин докумуонун аан бастаан туттарбыт кэмиттэн алталыы ый буола-буола докумуонун санардар. Yгэс курдук, дьон тохсунньуга докумуонун туттарар дьyккyордээх. Онон тохсунньуга, от ыйыгар сулууспабыт но5урууската биллэ улаатар. Уочаракка тyбэспэт туhугар итинтэн атын кэмнэ туттарар, хата, табыгастаах.
– Субсидия харчыта ый аайы кэлэр эбэтэр тоhо эрэ кэм мунньуллан баран, биирдэ локос гына тyhэр дуу?
– Уу, уот субсидията – ый ахсын. Оттон мас киэнэ – алта ыйдаа5ы холбуу бэриллэр. Баанна баар счёккутугар эбэтэр почтанан тиийэр. Бу – оттук маhы эрдэттэн бэлэмнэнниннэр диэн ылыллыбыт быhаарыы.
– Сайабылыанньаласпыт кэмим иннинээ5и хас ыйга хаттаан аа5ыы (перерасчет) оноhуллуон собyй? Х-р, тохсунньуга биэрбит сайабылыанньабынан ааспыт сылга туттубут маhым, уум иhин ылыахха соп? Эбэтэр сокуон бу тохсунньуттан олоххо киирэринэн, быйылгыттан эрэ дьайар дуу?
– Сана бэрээдэк 2014 сыл тохсунньу 21 кyнyттэн киирэр. Онон иннинээ5и сылга аахтарар кыаллыбат. Арай биири этиэм этэ: бу иннинэ сиргэ, дьиэ5э бигэргэтэр докумуоннара суох буолан, аккаас ылбыт дьон, сана быраабыла киирбитинэн (усулуобуйа5а соп тyбэhэр тyгэннэригэр), субсидия ылар кыахтара биллэ улаатта. Аахтаран короллоро наада.
– Ууну, маhы туhаныыга бигэргэммит нуорума баар. Ол кээмэйэ тыа сиригэр тоhо буоларый? Туохтан тутулуктаа5ый?
– Кытаанах оттук (мас, чох) нуормата СО Бырабыыталыстыбатын 2007 сыл алтынньы 29 к. 443 №-дээх Уураа5ынан бигэргэммитэ. Олорор сир килиимэтиттэн корон, этээhэ суох дьиэ 1 кв. миэтэрэтигэр 0,302 – 0,361 чин кууп миэтэрэ5э тэннэhэр. Оттон икки этээстээх дьиэ 1 кв. миэтэрэтигэр 0,245-тан 0,292 кууп буолар. Мас нуорматын уопсай кээмэйэ дьиэ иэниттэн тутулуктаах. Онуоха дьиэ социальнай нуормата диэн учуоттанар. О.э. биир киhиэхэ 18 кв.м тиксэр, онно эбии биир ыалга 9 кв.м. миэтэрэ эбии аа5ыллар. Со5ото5ун олорор, yлэлиир кыахтаах, киhи дьиэ иэнигэр учуоттанар социальнай нуормата – 33 кв.м. Yлэлээбэт биэнсийэлээххэ дьиэтин иэнэ бyтyннyy аа5ыллар, арай 64 кв. м yрдyо суохтаах.
* Уу нуормата 2012 сыл алтынньы 13 кyнyнээ5и Уураа5ынан бигэргэммитэ. Ороспyyбyлyкэ yрдyнэн биир тэн. Толору хааччыллыыта суох дьиэ5э биир киhи суукка5а туттуохтаах нуормата 10 л (эбэтэр ыйга 0,304 куб.м). Оскотyн кэтэх баанньыктаа5ын докумуонунан бигэргэттэ5инэ, биир киhиэхэ уу нуормата суукка5а 50 л (о.э. 1.52 куб м) буола yрдyyр. Бу нуорма 2013 сыл от ыйын 1 кyнyттэн киирбитэ.
Оттон толору хааччыллыылаах дьиэ5э, уу нуормата, баанна эбэтэр душ, унитаз, суунар сир (мойка) баарыттан-суо5уттан корон, биллэ улахан.
* Уоту туhаныы нуормата ыал ас астыырга ханнык билиитэни туhанарыттан, дьиэтэ тоhо хостоо5уттан, иэниттэн, киhитин ахсааныттан корон араастаhар.
– Уотунан сылытыыга субсидия туhунан тугу этиэн этэй?
– Кэнникинэн уотунан сылытыы Сунтаар, Ньурба диэки киэнник киирэн эрэр. Кинилэргэ, ороспyyбyлyкэ ар5аа энээригэр, гидростанциялаах буолан, уоттара удамыр сыаналаах. Оттон Арктика улуустарыгар уот диисэлтэн ылылларынан, 1 киловатт тарыыба 100 солк. тиийэ сыаналаах. Онон ол диэки уотунан сылытыыны киллэрии экэниэмикэ оттyнэн, улахан ночооттоох. Наадыйыы улаатта5ына, yрдyк сыаналаах диисэл уматыгын тиэрдии эбии сыаналанарыгар тиийэр. Ол иhин СО уотунан сылытыыга сыhыаннаах “Чэпчэтиилээх тарыып” туhунан Сокуона гидроэнергетика туттуллар сирдэригэр эрэ дьайар.
– Саха киhитэ “ыстаан, илдьиритэн биэрэри” собyлyyр. Уу, мас субсидиятын аа5ыыны биир орто кээмэйдээх ыал холобуругар быhаарбаккын ээ.
– Ыал 6 киhилээх, икки yлэлиир, 4 о5о, биэнсийэлээхтэрэ суох. Бэрэпиискэлээхтэр. Оhо5унан оттуллар этээhэ суох дьиэ5э Yоhээ Дьааныга (Арктика суоната) олорор буоллуннар.
* Баанньыктаахтар. Дьиэлэрин иэнэ 117 кв. м. Социальнай нуормалара = 18 кв. м х 6 +9 кв. м.
* Ыйдаа5ы дохуоттара 45700 солк. о.э. 1 киhиэхэ тиксэринэн, 7616 солк.
ОДЬХХ ороскуотун аа5абыт. Дьин кордорyy докумуонунан бигэргэммэтэ5ин быhыытынан, ороскуот нуорма5а оло5уран аа5ыллар.
Мас ороскуота: 117 кв.м х 0,361 (Yоhээ Дьааны улууhун нуорматынан) х 1000 солк./куб.м.= сылга 42237 солк. Ону 12 ыйга тyнэтиллэр. Оччотугар биир ыйга 3520 солк. буолар.
Уу ороскуота: 6 киhиэхэ х 1,52куб.м./ыйга (о.э. суукка5а 50 л) х 400 солк./куб.м. Оэ эбэтэр 80 солк./буочука = биир ыйга 3648 солк. буолар.
Уоту туhаныыга ороскуот: 6 киhи х 87квт/ч х 2,79 солк./квтч= ол аата ыйга 1456 солк. буолар.
Уопсай ОДЬКО иhин ороскуот бу ыалга ыйга 8624 солк. эбит. (3520+3648+1456).
Салгыы ити сууматтан ыал бэйэтэ тоhонy толоhyохтээ5ин таhаарабыт. Онуоха нэhиилэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ирдэнэр.
13240 солк. х 2 yлэлиир киhиэхэ + 11470 солк. х 4 о5о5о. Буолар 72360 солк. Ортотунан биир киhиэхэ тиксэринэн 12060 солк. буолуохтаа5а.
Отон бу ыал дьин дохуота нэhиилэ тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр хапсыбат (45700 солк.). Маннык тyгэннэ ыал тоhонy толоhор кыахтаа5ын таhаарар “поправочнай” кээписийиэн диэн туттуллар. Ол кээписиэн кинилэргэ – 0,63=7616 солк.:12060 солк.
Оскотyн кинилэр биэс о5олоохторо буоллар, итиннэ эбии чэпчэтии шкалата эбиллиэ этэ.
Дьэ, аны ыал бэйэтэ толоhор сууматын таhаарабыт: уопсай толонyохтээх ыстандаарт 15%-нын х 0,63=9,45%. Ол аата, кинилэр уопсай дохуотун итиччэ бырыhыанын толyохтээхтэр. Ол эбэтэр 45700 солк. х 9,45%=4318 солк. Бу – кинилэр ыйга толоhор суумалара.
Оттон дьин ночоот уонна кинилэр толyyр суумаларыттан араастаhыыта субсидия быhыытынан кэлэр.
8624 солк. – 4318 солк. = 4306 солк. биир ыйга. Эбэтэр алта ыйга суоттаатахха, 25836 солк.
Итинтэн 13106 солк. бастакы ыйыгар ыытыллар. То5о диэтэххэ, мас иhин толобyр 6 ый эрдэлээн бэриллэр. (1760 солк х *6 ый+2546 солк. уу уонна уот). Ол кэнниттэн ый аайы 2546 солк. барар.
– Наталья Платоновна, сиhилии быhаарыын иhин, махтанабын. Ситиhиилэри!
Статья с газеты «Кыым» №3 30.01.2014